Уһуйаан оҕолоругар төрөөбүт тыл күнэ
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Баатаҕайдааҕы "Күнчээн" оҕо уһуйаанын оҕолоругар ийэ тылбыт, сурукпут-бичикпит, лингвист-учуонай С. А. Новгородов, ҺӨҔҮҤ сахалыы төрүт дорҕооннор тустарынан, "Тыл хонуута" аралдьытар оонньуу ыытылынна.
Оҕолор кэпсээммитин сэҥээрэн олорон иһиттилэр, сахалыы төрүт оонньууларга: "Убаһаны уулат", "Бэчимэни тардыы", "Дулҕалары туораа" үөрэ-көтө оонньоотулар. Бары кыттыбыт оҕолорго ийэ тыл күнүнэн туоһу суруктар, минньигэс бэлэхтэр туттарылыннылар. Иитээччи Светлана Ивановна Готовцева, уһуйаан сэбиэдиссэйэ Тамара Иннокентьевна Босикова бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны эмиэ ыллылар.