Баатаҕай нэһилиэгин "Өлбөт үйэлээх полката".

     Арассыыйа олохтоохторун сомоҕолуур ытык бырааһынньыкка аан дойдуга эйэни уонна көҥүл олоҕу түстээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар, хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэбит. Бу күн тоҥор, аччыктыыр диэни аахсыбакка, сырдык олоххо эрэли сүрэхтэригэр бигээн аҕалбыт чугас дьоммутун ахтан-санаан ааһыаҕыҥ!

Бүгүн Ньукулай Тарскай төрөөбүт күнэ!

Саха Сиригэр физкультураҕа күргүөмнээх хамсааһыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу сайдарыгар сүҥкэн өҥөнү оҥорбут киһи, 1955—1959 сылларга Саха АССР спорткомитетын салайааччыта, биир дойдулаахпыт Николай Николаевич Тарскай бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр төрөөбүт күнэ. Кини олоҕун уонна үлэтин туһунан мантан сиһилии билсиэххитин сөп уонна тургутукка кыттаргытыгар ыҥырабыт!

https://onlinetestpad.com/r7licuonbohpo

Күргүөмүнэн хоһоон ааҕыытын акциятыгар кыттыһыҥ!

Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө Уус Алдан улууһун кииннэммит библиотека тиһигэ тэрийэр күргүөмүнэн хоһоон ааҕыытын акциятыгар  Баатаҕайдааҕы "Күнчээн" оҕо уһууйаана (сал. Босикова Т.И.)  уонна Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын үрдүкү сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыһаллар.