Тускар туһан. Ийэ туһунан хоһооннор.

ИЙЭ БАРАХСАН

Этиҥ эрэ,
Оҕолоор,
Эһигини биһиктээн,
Киммит
Маннык оҕолоон
Киһи гынар
Бүөбэйдээн?
— Күндү ийэ барахсан!
Этэр
Сылаас тылынан
Эмиэ киммит
Саататар,
Эҥин нарын
Ырыанан
Эһигини утутар?

— Көмүс ийэ барахсан!
Этиҥ,
Киммит кичэйэн
Үтүө суолга Үөрэтэр,
Эһигини тэрийэн
Үөрэнэргэ көҕүтэр?
— Кини, Кини барахсан!
— Кини —
Ийэ барахсан!

Абаҕыыныскай, А. Ийэ барахсан// Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. — 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. - Дьокуускай: Бичик, 2002.- с. 21

ИЙЭ
Күн сирин көрдөрөн
Көмүскээн-харыһыйан ииппит,
Күүһүрдэн-улаатыннаран
Көччөх гынан көтүппүт,
Көлөһүннээх дьүһүннээх.
Күкүр-икир таҥастаах
Көмүс күндү күкүллэхпин –
Күн ийэм эмээхсин эрэйдээҕи
Ыраатан-тэлэһийэн сылдьаммын
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, үөһэ тыынан ыллым…

Ычах кыра буоламмын,
Ытанньах муҥнаах эрдэхпинэ
Ытыы-ытыы эрэйдэнэрэ,
Ыллаан-туойан саататара,
Ырыган тобугар олордоро,
Ыксары кууһан ылара…

Тымныыттан күрэтэн,
Тырыттыбыт
Ырбаахынан үллүйэрэ.
Итииттэн саһыаран,
Илбирийбит былаатынан бүрүйэрэ.
Этэр тылын минньигэһэ,
Итии тыынын эйэҕэһэ
Эккирэтэ сылдьан баар, —
Экчи умнуо суохпун!..
Ийэбин, күн-күбэй ийэбин,
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, өрүкүйэ аҕынным…

Утуйан-нухарыйан сыттахпына
Оргууй, оргууй хаамара,
Сылаас, сылаас баҕайытык
Сыллаан, уураан ааһара.

Ыарытан ыксыыр күннэрбэр
Ыга кууһан сытара.
«Күөрэгэйим көттөҕүнэ
Күнүм-ыйым сүттүн,
Күнүнэн көмүллүүм», — диэхтээн,
Көнө-күндү хараҕа
Күөл уунан туолара…
Күн ийэ диэнтэн
Күһэлтэни көрбөтөх,
Күөх окко күөлэһийэр
Көҥүл оҕо сааспар
Күлэ-үөрэ көрсөрүн,
Күллээх таҥаспын тэбиирин
Күндүтүк өйдүүбүн!

Ороммор уһуктан сыттахпына
Уҥуох илиитинэн имэрийэрэ,
Араас тапталлаахтык саҥарара,
Ааспыт өттүн ахтара,
«Атаҕастабылтан арахсаар» — диирэ…

Алыс мэник уолчаан
Атастарбын кытары
Айаас сылгы буолан
Алаас тыатын туораан
Атаралаан сылдьаммын
Алдьаппытым ааҕыллан,
Абырахпыт элбиирэ, —
Аттыбар куруук баар,
Адьас умнуо суохпун!..

Ийэм эрэйдээх, эйиэхэ
Эдэр сааспынан андаҕайан
Экчи тылбын этэбин:
Элбэх сааһыҥ адаҕыйан,
Иэгэйэ кырдьар кэмнэргэр,
Эрэйгин, ахтаргын билбэккэ,
Эйиэхэ эргиллэн кэлбэккэ,
Эйигин быраҕан бараммын,
Иэтэр-туотар буоллахпына, —
Эрэйдэнэн-буруйданан ииппиккин
Экчи ыттыы былдьаабыт,
Хааннаах хара көлөһүҥҥүн
Хара суордуу халаабыт,
Ханныктан даҕаны хараҥа
Хара түөкүн буоламмын,
Халыҥ үйэм устатыгар
Харыаста-кэмсинэ сылдьыым,
Ханыыттан кыбыста кырдьыым…

Ийэ: хоһоон // Кэпсээннэр. Хоһооннор : [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] / Амма Аччыгыйа. — Дьокуускай : Бичик, 2005. — 141,[2] с.

ИЙЭ
Эмэккэ эмэр кэмнэртэн,
Иккилээх-үстээх эрдэхтэн
«Ийэ» диэн тылы этэрбит, —
Ийээ, чэ көтөх!—дэһэрбит.

Оҕус кэйээри күрдьүөттүүр,
Ыт сиэри өрө баргыйар,
Ким эмэ мөҕөр, күөмчүлүүр,
Кутгаан даҕаны дьарыйар…

—Ийээ, кэл, быыһаа!—дэһэрбит,
Ийэбэр этиэм! — дэһэрбит.

Оҕо оонньуурун былдьатар,
Убайын сүүрэн куоттарар,
Ытаан маккырыы-маккырыы
Ыксаан: «Ийээ!» — диэн хаһыытыыр.

Ийэттэн ордук күүстээҕи,
Ийэттэн ордук өйдөөҕү,
Ийэттэн ордук кэрэни
Оҕо эрдэхтэн кербөккүн.

Ол иһин таптыыр сирбитин
Ийэ дойду диэн ааттыыбыт,
Күндүттэн-күндү диирбитин
Ийэҕэ тэҥнии саныыбыт.

Ийэ: хоһоон/Туох диирий сүрэҕим: хоһооннор / Баал Хабырыыс. — Якутск : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1961.-С.37

ИЙЭ

Аҥардас тапталын уоҕунан
Ийэ арыт соҕотоҕун
Иитэлээн таһаарар уонунан
Эмдэй-сэмдэй оҕолорун.
Эһиги хомотор буолумаҥ
Ийэҕитин, оҕолорум.

Кини улахан оҕотунан
Көрдөрөр кыра оҕотун:
Ийэҕит дьиэнэн-хотонунан
Эргийиэр диэри олоруҥ,
Дьиэҕитин-уоккутун хомунан
Дьикти бэлэҕи оҥоруҥ.

Ийэ итиннэ олоҕунан,
Эдэрдэргэ холобурун,
Этиэ, мэктиэлиэ иэйэн туран
Элбэх оҕолоох ордугун,
Элбэх оҕо ийэтэ буолан
Итии тапталы булбутун.

Оттон бэйэтэ уутун умнан
Оҕолуур ыалдьар оҕотун,
Арыт түүҥҥү түннүккэ туран
Алгыыр ыраах баар оҕотун —
Ийэ оҕотун олоҕунан
Олорон ааһар олоҕун.

Кэрэ диэн кыыһынан, уолунан
Киэн тутта ийэ олордун,
Эйэҕэс мичээрин уотунан
Ийэ сир иэнин толордун!
Эһиги хомотор буолумаҥ
Ийэҕитин, оҕолорум.

Ийэ: хоһоон// Сибэккичээн : орто саастаах оҕолорго хоһооннор / Иван Горнай ; А.Е. Евстафьев ойуулара. — Дьокуускай : Бичик, 1999.

ИЙЭ МИЧЭЭРЭ

Ийэ мичээрэ
Истиҥ, кэрэ:
Күн уотуттан
Күндү курдук,
Көй салгынтан
Күүстээх курдук.

Ийэ мичээрэ
Злбэххэ үөрэтэр:
Эйэҕэс буоларга,
Эйэни буларга,
Сырдыгы эрэ
Сыдьаайа сылдьарга.

Ийэ мичээрэ
Искэр иҥэрэр:
Олоххо тапталы,
Бар дьоҥҥо махталы,
Эр хорсун санааны,
Эрэллээх буолууну.

Кондратьев, А. Ийэ мичээрэ// Аптаах холбуйачаан: Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А.Кирова. — Дьокуускай : Бичик, 1999.-с. 146.

ТАПТЫАҔЫҤ ИЙЭНИ!

Күн көрүө — от үүнүө,
Сибэкки тэтэриэ.
Күнэ суох туох үүнүөй? —
Күөх сирэм күкээриэ.

Ол тэҥэ — күн тэнэ
Эн ийэҥ, мин ийэм.
Ийэтэ суох иинэн,
Иһийиэ сир ийэ.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕын ийэни!

Ийэттэн төрүүллэр
Генийдэр, геройдар,
Долгуннуу үксүүллэр,
Үүнэллэр норуоттар.

Эн, кини уонна мин
Ийэттэн кэлбиппит,
Ийэбит эмиийин
Илгэтин испиппит.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕын ийэни!

Хараҥа хаххалыа —
Күн өһөн барыарыа,
Былыты тыал ыһыа —
Күн күлүм чаҕыллыа.

Оҕотун сор булуо —
Ийэҕэ күн өһүө,
Оҕото дьоллонуо —
Күн курдук күлүмнүө.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни

Үрдүк күн соҕотох,
Аан дойдуҥ эмиэ биир,
Ийэ сир оҕото,
Эн ийэҥ эмиэ биир.

Ийэккэҥ сүрэҕэ
Эн түөскэр тэбиэлиир.
Лениннии ийэҕэр
Эрдээхтик иитилин!
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕыҥ ийэни!

Эн Ийэ дойдугун,
Ийэҕин таптыыр буол,
Оҕоҕун-уруугун
Ийэлии иитэр буол!

Ханна да бардаргын —
Ыл ийэҥ алгыһын,
Ханна да буолларгын –
Ийэҕин эн аҕын!

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни!

Таптыаҕыҥ ийэни!: хоһоон //Хоһооннор, поэмалар: [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] /Эллэй ; [хомуйан оҥордо Н.З.Копырин]. — Дьокуускай: Бичик, 2004.- с.10