Сивцева Елизавета Васильевна

1935 с. кулун тутар 21 күнүгэр Уус-Алдан оройуонун колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Мүрү күөлүн арҕаа баһыгар I Лөгөй нэһилиэгэр бөлөхтөһүү колхозка Гоголевтар ыалга күн сирин көрбүтэ. Аҕата Василий Лукич Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр бастакы хомуурга ыҥырыллан түөрт сыл сэриилэһэн баран «Хорсунун иһин» мэтээллээх дойдутугар эргиллибитэ уонна сэриигэ ылбыт бааһыттан сыл буолаат өлбүтэ. Ийэтэ - Анастасия Еремеевна 5 оҕолоох тулаайах хаалан баран колхоһугар ыанньыксыттаабыта. Лиза кыра сааһыттан ийэтин бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Балбаараҕа иитиллибитэ. Оҕо сааһа Тулунаҕа Таргылдьыма эбэ хонноҕор-быттыгар ааспыта. Сэрии сыллара буолан оонньоон-көрүлээн ааспатаҕа, колхоз үлэтигэр 8-9 сааһыттан саас ыһыыга оҕус сиэтиитигэр, сайын от мунньуутугар, күһүн хомуурга хортуоппуй, оҕуруот аһын хостооһунугар үлэлээбитэ. Ол гынан баран сут-кураан сатыылаан от, бурдук үүммэтэҕэ. Аччыктааһын саҕаламмыта. Маҥнай Томтор начальнай оскуолатыгар дьиэтиттэн сылдьан үөрэммитэ. Онтон Мүрү орто оскуолатыгар үөрэнэ барбыта. Интернакка ылбатахтарын иһин райкомол I секретара Ф.И.Васильевка тиийэн ытыы-ытыы көрдөспүтүн иһин интернакка ылбыттара. Интернакка, сороҕор ыалга олорон Мүрү оскуолатын 7 кылааһын бүтэрбитэ. Салгыы үөрэнэр кыаҕа суох буолан 17 саастаах кыыс Бороҕон райпотун «Хардыы» диэн Суоттулуур айан суолун ортотугар турар маҕаһыыҥҥа атыылааччынан үлэлээбитэ. Ити 1952 сыллаахха этэ.

Подробнее...

Протопопова (Александрова) Александра Алексеевна

Александра Алексеевна 1939 сыл кулун тутарга Баатаҕай нэһилиэгэр Эрбэһин учаастагар Кустаах диэн сиргэ Алексей Саввич уонна Варвара Николаевна Александровтар дьиэ-кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Ийэтэ бастакы кэргэниттэн 7 оҕоломмут, онтон кини аҕатыттан 5 оҕоломмуттар. Билигин 12 бииргэ төрөөбүттэртэн соҕотох баар. Ийэлээх аҕата колхозтаахтар этэ.

Подробнее...

Готовцева Марфа Иннокентьевна

Марфа Иннокентьевна 1929 с. кулун тутар 14 күнүгэр Баатаҕай нэһилиэгэр Үөнэ аҕатын ууһугар Оттуур Эбэ диэн дэхси нэлэмэн хонуулаах алааска күн сирин көрбүтэ. Aҕaтa Готовцев Иннокентий - Лэкиэс Оттуур Эбэ apҕaa бас халдьаайытыгар олохсуйан олорбут, кини соҕотох кыыһа. Аҕата эрдэ өлөн ийэтинээн хаалан баран, ийэтэ Аграфена Готовцев Иван Андреевичка - Муксуку Уйбааҥҥа кэргэн тахсан Дулҕа диэки дьиэ туттан олорбуттара. Марфа Чараҥай оскуолатыгар 7 кылааһы үөрэнэн бүтэрбитэ, салгыы кыайан үөрэммэтэҕэ. «Биэттэ», “Жданов” аатынан колхозтарга араас үлэлэргэ, сүөһү үлэтигэр үлэлээбитэ. Сэрии ыарахан, сут-кураан сылларыгар эр дьоннор Армияҕа барбыт кэмнэригэр улахан дьон үлэлиир үлэлэрин барытын үлэлээбитэ.

Подробнее...

Готовцева Мария Егоровна

Биһиги ийэбит, Мария Егоровна 1927 сыл Нам оройуонугар төрөөбүтэ. Аҕата Нам Аппаанытыттан төрүттээх Винокуров Дорофей, ийэтэ Нам Көбөкөнүттэн төрүттээх Барамыгина Мария Ионовна диэннэр.

Ийэбит бииргэ төрөөбүттэрэ: Винокуров Илья Дорофеевич –Чаҕылҕан – суруйааччы, Александра, Марина, Евдокия эдьиийдэрэ, кыра убайа Михаил.

Биһиги ийэбит саамай кыралара, кинини оҕолонон баран ийэтэ сыыстаран 4 хонон баран өлбүт. Онон оҕолор аҥардас аҕаларыгар хаалаллар. Онон ийэбитин таайа Барамыгин Егор Ионович ылан иитэр. Онон Мария Барамыгина Мария Егоровна буолар, Көбөкөҥҥө иитиллэр. 4 кылааһы Көбөкөҥҥө, 7 кылааһы Намҥа оройуон киинигэр бүтэрэр.

Подробнее...

Аманатова Анна Иннокентьевна

Анна Иннокентьевна 1938 сыл алтынньы 28 күнүгэр Баатаҕай нэһилиэгэр «Молотов» аатынан колхозка, Биэттэ куулатыгар колхозтаах кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Aҕата Новгородов Иннокентий Игнатьевич, ийэтэ Новгородова (Ушницкая) Варвара Кузьминична, бииргэ төрөөбүттэрэ: Ушницкай Прокопий Кузьмич — сэрии кыттыылааҕа, үс кыыстаах, Ушницкая Анна диэн кэргэннэммитэ, оҕото суох, субан сүөһүгэ үлэлээбитэ, Ушницкая Вера Иннокентьевна, биир уоллаахтара өлбүтэ.

Анна Иннокентьевна бииргэ төрөөбүттэрэ 7-лэр: Иннокентий (Эмтэй), Игнатий (Сууххай), Петр (Солдат), Алексей соҕуруу өлбүтэ, Анна, Миша, Таня.

Подробнее...