Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүктэммитэ 80 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах библиотечнай уруок
Олунньу 2 күнүгэр - улуу Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүктэммитэ 80 сыллаах үбүлүөйэ. Ол чэрчитинэн олохтоох библиотека уонна орто оскуола тэрийиилэринэн "Сталинградский перелом" диэн библиотечнай уруок буолан ааста. Ол курдук, Н. Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Сталинград туһунан тахсыбыт кинигэлэри, ыстатыйалары кытта билсистилэр.
Маны сэргэ тоҕо фашистар Сталинграды ыла сатаабыттарын, Павлов дьиэтин, "Ни шагу назад!" диэн 227 нүөмэрдээх бирикээс, Мамаев Курган, чулуу саллааттар уо.д.а. туһунан иһиттилэр. Оскуола библиотекара Светлана Семеновна быыстапкаҕа турбут кинигэлэри билиһиннэрдэ, саха буойун суруйааччылара Сталинград кыргыһыытыгар хорсуннук кыттыбыттарын кэпсээтэ. Уруок бүтэһигэр билиилэрин бэрэбиэркэлэнэн тэттик тургутукка кытыннылар. Бастыҥ билиилээхтэр туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар. Маны таһынан, алын кылаас оҕолоро бу бэлиэ күҥҥэ анаан уруһуйдарын быыстапкатын сэргии көрдүбүт. Кырдьык даҕаны, биһиги улуу өйдөөх Маршалларбыт, хамандыырдарбыт салайыыларынан Аҕа дойду Улуу сэриитин историята тосту уларыйда.
Бу күн олохтоох библиотекаҕа аҕам саастаахтарга Сталинград кыргыһыытын туһунан бэсиэдэ ыытылынна, бэсиэдэ түмүгүнэн тургутукка хоруйдаатылар. Биһиги библиотекабыт эрэллээх ааҕааччыта Наталья Владимировна Готовцева Сталинград кыргыһыытын 50 сылыгар оҥоһуллубут өйдөбүнньүк термоһын аҕалан көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Аҕа дойдк улуу сэриитин историятыгар биир бэлиэ миэстэни ылар Сталинград кыргыһыыта барыбыт өйүгэр-санаатыгар, сүрэхпитигэр ураты миэстэни ыларын санатта.