Мария Константиновна Федорова үбүлүөйдээх 85 сылынан!
Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр өр сылларга, 1961-1989 сс., библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Мария Константиновна Федорова бу дьыл сэтинньи 10 күнүгэр төрөөбүтэ 85 сылын туолла. Кинини, бэйэтин кэмигэр бииргэ үлэлээбит дьоно, нэһилиэк олохтоохторо үлэтигэр ирдэбиллээҕин, эппиэтинэстээҕин,барытын сөптөөхтүк сыаналыыр, үтүөкэн майгылааҕын күн бүгүнүгэр диэри ахталлар, саныыллар. Федорова М.К. олоҕун бүтүннүү нэһилиэк, оройуон библиотечнай үлэтэ сайдарыгар анаабыта, сэмэй кылаатын киллэрсибитэ.
Кини туһунан кылгас тургутууну ааһаргытыгар ыҥырабыт!




