Готовцева Марфа Иннокентьевна

Марфа Иннокентьевна 1929 с. кулун тутар 14 күнүгэр Баатаҕай нэһилиэгэр Үөнэ аҕатын ууһугар Оттуур Эбэ диэн дэхси нэлэмэн хонуулаах алааска күн сирин көрбүтэ. Aҕaтa Готовцев Иннокентий - Лэкиэс Оттуур Эбэ apҕaa бас халдьаайытыгар олохсуйан олорбут, кини соҕотох кыыһа. Аҕата эрдэ өлөн ийэтинээн хаалан баран, ийэтэ Аграфена Готовцев Иван Андреевичка - Муксуку Уйбааҥҥа кэргэн тахсан Дулҕа диэки дьиэ туттан олорбуттара. Марфа Чараҥай оскуолатыгар 7 кылааһы үөрэнэн бүтэрбитэ, салгыы кыайан үөрэммэтэҕэ. «Биэттэ», “Жданов” аатынан колхозтарга араас үлэлэргэ, сүөһү үлэтигэр үлэлээбитэ. Сэрии ыарахан, сут-кураан сылларыгар эр дьоннор Армияҕа барбыт кэмнэригэр улахан дьон үлэлиир үлэлэрин барытын үлэлээбитэ.

1951 с. олоҕун аргыһын Бережнев Егор Петровиһы көрсөн, тапталларын сүрэхтэрин иэйиитин холбооннор ыал буолаллар. Марфа 30-тан тахса сыл дьааһыла-садка үлэлээбитэ, төһөлөөх элбэх оҕону кытта бодьуустаспыта буолуой? Үлэтин таһынан 10 оҕону төрөтөн көрөн истэн, улаатыннаран, дьиэ ис үлэтин олоччу толорон, ону таһынан тэрилтэ, нэһилиэк общественнай олоҕор активнай кыттыыны ылара. 0ҕолоро үгүстэрэ үрдүк уонна анал орто үөрэхтээхтэр, бары үлэһит ыал буоллулар.

Марфалаах Егор бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн-өйдөһөн, эйэлээхтик, иллээхтик 50 сыл бииргэ олорбут юбилейдарын 2001 сыл бэс ыйыгар бэлиэтээбиттэрэ.

Марфа Иннокентьевна тыыл, үлэ ветерана, сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин Сталин төбөлөөх медалынан, Кыайыы юбилейнай медалларынан, Ийэ буолуу, Ийэ Албан аатын I, II степеннээх орденнарынан, 1973 сыл Герой Ийэ орденынан наҕараадаламмыта, ону таһынан оҕону көрүүгэ-истиигэ, иитиигэ сыламтата суох дьаныардаах үлэтин иһин нэһилиэк Советын үөрэх Управлениетын, тэрилтэ Бочуотунай грамоталарынан, дипломнарынан наҕараадаламмыта.