«Үтүө аата умнуллубат!»

Сэтинньи 8 күнүгэр биир дойдулаахпыт, учуонай-историк, саха норуота Аҕа дойду сэриитигэр кыттыытын үөрэппит чулуу киһибит Дмитрий Дмитриевич Петров төрөөбүтэ 105 сылын туолбута. Бу бэлиэ түгэнинэн сэтинньи 9 күнүгэр Баатаҕай орто оскуолатыгар киниэхэ аналлаах «Үтүө аата умнуллубат!» тэрээһин ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэк баһылыга Белолюбскай М.М., тэрилтэ салайааччылара, оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара, олохтоохтор кыттыыны ыллылар.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһын оскуола директора Бурнашева Алеанна Алексеевна иилээн-саҕалаан ыытта. Ол кэннэ үс салаалаах дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ тарҕастыбыт. Бастакы салаа — оҕо сааһа, дьиэ кэргэнэ. Бу салааны иилээтэ олохтоох библиотека сэб. Августина Петровна Пермякова. Манна аймахтара Елизавета Николаевна Ганачевская, Юлия Васильевна Гоголева кыттыыны ыллылар. Иккис салаа — үлэтэ. Салааны иилээтилэр директоры иитэр үлэҕэ солб. Яна Юрьевна, история учуутала Алексей Алексеевич Готовцевтар. Үһүс салаа- үйэтитии. Салааны иилээтэ оскуола директора Алеанна Алексеевна Бурнашева, кыттыыны ылла нэһилиэк баһылыга Михаил Михайлович Белолюбскай. Үөрэнээччилэр, учууталлар, ыалдьыттар хас биирдии салааны кэрийэ сылдьан иһиттилэр, онно сөптөөх боппуруостарга хоруйдаатылар. Бастыҥ билиилээхтэргэ сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.

Инникитин да кэнчээри ыччаттарбыт биллиилээх биир дойдулаахтарын туһунан билэллэригэр маннык хабааннаах тэрээһиннэр наадалаахтарын уонна суолталаахтарын бэлиэтээтибит.

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Батагайская сельская библиотека - филиал №1 им. М.К. Федоровой входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»