Баатаҕай нэһилиэгэр «Биэттэ-Агро» ХЭТ тэриллибитэ 15 сылыгар бурдук тардар саҥа сыаҕы уонна бэкээринэни сэтинньи 19 күнүгэр үөрүүлээх-быһыыга майгыга арыйдылар.
Саҥа сыах арыллыытыгар СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл бэлиитикэтигэр миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова, өрөспүүбүлүкэбитигэр үүнээйи үүннэриитигэр туһааннаах тэрилтэлэртэн, улуус баһылыга Василий Алексеев, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Артем Сивцев, нэһилиэк баһылыга Михаил Белолюбскай кытыннылар, эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Алгыс Ачыырап ымыылаах алгыһынан саҥа сыахха экскурсияҕа сырыттыбыт, Баатаҕай бурдугуттан бородууксуйа арааһын амсайдыбыт.
Тэрээһин иккис чааһыгар «15 сыл: туруктаах үлэ уонна хаачыстыба» төгүрүк остуол тула аһаҕас кэпсэтии, уопут атастаһыыта ыытылынна. Маны сэргэ агрономнар бүтүн Россиятааҕы күрэстэригэр бочуоттаах III миэстэни ылбыт «Биэттэ-Агро» ХЭТ агронома Василий Сивцевы чиэстээһин ыытылынна уонна бу күн киниэхэ «СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна» аат иҥэрилиннэ. Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын, «Биэттэ-Агро» ХЭТ уонна Арктикатааҕы ГАТУ икки ардыларыгар бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр салайааччылар илии баттастылар.
Урукку-хойукку сылларга бурдук хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит ветераннарга, сыах тутуутугар үлэлээбит биригээдэҕэ, «Биэттэ-Агро» ХЭТ кэлэктиибигэр наҕараадалар туттарылыннылар.
Бурдук тардан, мэһийэн, бэйэ килиэбин сиир үрдүк дьолломмуппутунан баатаҕайдар олус үөрдүбүт! «Биэттэ-Агро» ХЭТ-ҕэ сайдыылаах, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!



























