Чаҕылхай аат, умнуллубат мөссүөн!

Бүгүн Н. Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын 1,2,3 кылааһын үөрэнээччилэригэр Саха АССР төрүттэммитэ 100, биллиилээх государственнай деятель, саха чулуу уолаттарыттан биирдэстэрэ Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылларыгар аналлаах "Чаҕылхай аат, умнуллубат мөссүөн" диэн библиотечнай уруок ыытылынна. 

Подробнее...

Алын сүһүөх кылааһы бүтэрэр выпуск марафона биллэрилиннэ!

Муус устар 15 күнүгэр Н. Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын 4 кылааһы бүтэрэр үөрэнээччилэргэ, быйылгы үөрэх дьылын түмүктүүр "Кубок Выпуска - 2022" диэн марафон биллэрилиннэ. Кылаас салайааччыта Готовцева Светлана Дмитриевна олохтоох библиотеканы кытта кыттыһан, бу марафону иилээн-саҕалаан ыытыахтара. Марафон Саха АССР төрүттэммитэ 100, Россияҕа норуоттар культураларын, үөрэхтээһин эйгэтигэр биллэриллибит Ааҕыы, улууска биллэриллибит Бэриниилээх буолуу сылларыгар уонна быйыл ыытыллар VIII спортивнай оонньууларга туһуланан ис барыла оҥоһулунна. Марафон ыам ыйын 20 күнүгэр түмүктэниэҕэ. 

Подробнее...

Оҕо хамсанар дьоҕурун сайыннарыыга анаммыт олох

Бу дьыл муус устар 14 күнүгэр биһиги нэһилиэкпитигэр РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Саха Республикатын физическай культураҕа уонна спортка туйгуна, "Саха-Азия оҕолоро" фонда стипендиата, Е. Ф. Габышев аатынан Уус-Алданнааҕы Оҕо спортивнай оскуолатын Баатаҕайдааҕы филиалын тренерэ Николаев Николай Адамович үөрэхтээһин эйгэтигэр 50 сыл үлэлээбит үлэтин билиһиннэрэр, сатабылын атастаһар семинара ыытылынна. Бэлиэ күн бастакы чааһыгар улууспут араас оскуолаларыттан мустубут физкультура учууталларыгар, тренердэригэр Дьокуускай куораттан Баһылай Манчаары аатынан спорт национальнай киинин үлэһиттэрэ уонна Дьокуускайдааҕы С. Ф. Гоголев аатынан педагогиченскай колледж преподавателэ, биир дойдулаахпыт Николай Николаевич Охлопков кэлэн бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрэн маастар кылаас ыыттылар, санаа атастастылар.

Подробнее...

День Космонавтики

Каждый год 12 апреля наша страна отмечает День космонавтики.
В высоких небесных далях происходят стыковки космических аппаратов. Месяцами на космических станциях живут и трудятся космонавты, уходят к другим планетам автоматические станции...
В преддверии Дня космонавтики наша библиотека проводит квиз-игру "В звездном царстве, в космическом государстве" с 12 по 14 апреля 2022 г.
Предлагаем вам поучаствовать в нашей игре и получить сертификат!

1 задание: Космовикторина! Ответьте на следующие вопросы про космос. 

Подробнее...