Акцияҕа кытынныбыт!

    Бүгүн, дойдубут үрдүнэн 7-с төгүлүн Этнографическай диктант ыытылынна. Республикабыт араас муннуктарыгар - библиотекаларынан бу акция тэриллэн ыытылынна. Бу бырайыак Росииябыт норуоттарын культураларын, нгэһилиэстибэтин, историятын билиигэ көҕүлүүр уонна сырдатар. Быйылга диктаҥҥа барыта 19 киһи кытынна, олортон 13 оскуола үөрэнээччилэрэ. Бары кыттыыны ылбыт дьоммутугар олохтоох библиотека аатыттан улахан махталбытын биллэрэбит! Олорор дойдутугар бэриниилээх, дойдутун историятын үөрэтэр киһи - олоххо бэлэмнээх, тирэхтээх буоларын умнумаҥ!

Подробнее...

Этнографическай диктаҥҥа кытын!

«Норуот элбэх — дойду биир» диэн бэргэн этиинэн, Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн, «Большой этнографический диктант» Норуоттар икки ардыларынааҕы акция быйыл сэттис төгүлүн ыытыллар. Бу акция сэтинньи 3-8 күннэригэр Республикабыт араас улуустарын кииннэригэр уонна нэһилиэктэрин библиотекаларыгар онлайн уонна оффлайн көрүҥнэринэн ыытыллыаҕа. Онлайн формат — www.miretno.ru сайтка.

Диктант сорудаҕа тест көрүҥүнэн бэриллэр, барыта 30 ыйытыы баар. Сорудахтары толоруу бириэмэтэ — 45 мүнүүтэ, муҥутуур баал — 100. Биһиги нэһилиэккэ олохтоох библиотекаҕа сэтинньи 3 күнүгэр 14.00 ч. диктант суруйа кэлэргитигэр ыҥырабыт, билсэр тел: 89644184595

Норуодунай поэт Петр Тобуруокап

Бүгүн, алтынньы ый 25 күнүгэр, оҕо – аймах кутун туппут, элбэх ахсааннаах норуот сөбүлээн ыллыыр ырыаларын автора, сатира уонна юмор маастара, прозаик уонна драматург, народнай поэт Петр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылын бэлиэтиибит. 

Петр Тобуруокап нуучча улуу оҕо суруйааччыларыгар Самуил Маршакка уонна Корней Чуковскайга тэҥниир, норуокка үгүстүк биһирэппит, сүрэхтэригэр ыга ылыммыт, таптаппыт ырыа буолбут хоһооннордоох, оҕо аймахха үгүс кэрэхсэбиллээх айымньылары суруйан хаалларбыт, араас сценаларга туран көрөөччүлэр киэҥ биһирэбиллэрин ылбыт драматическай айымньылардаах народнай суруйааччы буоларын бары билэбит.

Подробнее...

Ийэ - олохпут тирэҕэ

Алтынньы ый 16 күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн алтынньы 17-20 күннэригэр, биһиги нэһилиэккэ Ийэ күнүн декадата ыытылынна. Манна сүрүн тэрийээччинэн буолла С. Ф. Сивцев аатынан "Түмэн" норуот айымньытын киинэ. 

Подробнее...