Геройдарга аналлаах библиотечнай уруок
Саха сиригэр саамай элбэх Геройдаах улуус - Уус Алдан. Өссө 2006 с. «Уус-Алдан улууһа» олохтоох бэйэни салайыныы оройуонун баһылыга И.В. Бочкарев атырдьах ыйын 14 күнүнээҕи 331N-дээх дьаһалынан сыл ахсын балаҕан ыйын үһүс нэдиэлэтин төрдүс күнэ улууска Геройдар күннэринэн биллэриллибитэ. Геройдар күннэрин ыытыы сыала-соруга - олохтоох бэйэни салайыныы усулуобуйатыгар нэһилиэнньэ ис кыаҕын туһанар, активноһы үрдэтиигэ тирэх оҕостон нэһилиэктэрдээҕи олохтоох бэйэни салайыныы органнара миэстэҕэ тэрээһиннээхтик ыытар, нэһилиэнньэни бүттүүнүн түмэр Геройдарбыт хорсун быһыыларын, геройдуу үлэлэрин холобуругар ыччаты иитии.




