Төрөөбүт тылбыт - барҕа баайбыт!

Ийэ тыл, сурук-бичик күнүн бэрт киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтибит. Ол курдук, декада устата олохтоох библиотекаҕа ийэ тылга аналлаах кинигэ быыстапката турда. Быыстапка сүнньүнэн куйаар ситимигэр "Саха тылын төһө билэҕин?" диэн тургутук ыытылынна.

Подробнее...

Уһуйаан оҕолоругар төрөөбүт тыл күнэ

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Баатаҕайдааҕы "Күнчээн" оҕо уһуйаанын оҕолоругар ийэ тылбыт, сурукпут-бичикпит, лингвист-учуонай С. А. Новгородов, ҺӨҔҮҤ сахалыы төрүт дорҕооннор тустарынан, "Тыл хонуута" аралдьытар оонньуу ыытылынна. 

Подробнее...

Ийэ тыл күнүнэн!

Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.
Саха Сирин бастакы Президена М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран, С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ.
Бу күн олохтонуута Саха Сирин төрүт олохтоохторун төрөөбүт тылларын сайыннарыыга, бастакы саха суругун-бичигин олохтообут саха лингвист-учуонайа, бастакы саха үөрэҕин кинигэлэрин таһаарааччы Семен Андреевич Новгородов сырдык кэриэһин үйэтитэр, аатын ытыктатар соруктаах.

Бэлиэ күнүнэн тургутукка кытын, бэйэҕин бэрэбиэркэлэн!

Тыл үөрэҕин билимин доктора ыалдьыттаата

Дойду үрдүнэн биллэриллибит Уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит, Өрөспүүбүлүкэбитигэр - Үлэ сылларыгар, төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө олунньу 11 күнүгэр, Н. Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатыгар биир дойдулаахпыт, саха учуонайа, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора Иннокентий Николаевич Новгородов ыалдьыттаата. Иннокентий Николаевич Баатаҕай нэһилиэгиттэн төрүттээх, өбүгэлэрин сиригэр-уотугар кэлэн бэйэтин олоҕун, үлэтин билиһиннэрдэ. Үөрэҕинэн омук тылын учуутала идэлээх, ону таһынан аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын үөрэтиигэ, чинчийиигэ үгүстүк үлэлэспит учуонай киһи буолар. 

Подробнее...