Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүктэммитэ 80 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах библиотечнай уруок

Олунньу 2 күнүгэр - улуу Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүктэммитэ 80 сыллаах үбүлүөйэ. Ол чэрчитинэн олохтоох библиотека уонна орто оскуола тэрийиилэринэн "Сталинградский перелом" диэн библиотечнай уруок буолан ааста. Ол курдук, Н. Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Сталинград туһунан тахсыбыт кинигэлэри, ыстатыйалары кытта билсистилэр.

Подробнее...

Известный библиограф Сибири Григорий Семенович Тарский

Григорий Семенович Тарский является одним из руководителей Национальной библиотеки Республики Саха (Якутия), организатором библиотечного дела Якутии в трудные годы политических репрессий, Великой Отечественной войны, известным библиографом, талантливым писателем-переводчиком, журналистом, заслуженным работником культуры Якутской АССР. Сегодня ему исполнилось 115 лет со дня рождения.

Подробнее...

Н. Н. Тарскай аатынан турнир

Тохсунньу 12-14 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха сиригэр спорду көҕүлээбит, биллэр государственнай деятель, биир дойдулаахпыт Н.Н. Тарскай аатынан, оскуола саастаах уолаттарга, тустууга күрэх ыытылынна. Бу күрэххэ 17 улуустан барыта 293 күрэхтэһээччи кытынна. Күрэх Баһылай Манчаары аатынан национальнай көрүҥнэри тарҕатар киин киэҥ уораҕайыгар тэрилиннэ. 

Подробнее...

2023-Россияҕа-Педагог уонна наставник, Саха Республикатыгар-Үлэ сыллара

2023 сыл Россияҕа педагог уонна наставник сылынан биллэриллибитэ. Дойдубут Президенэ, В.В. Путин бу биллэриллибит сылы үөрэх эйгэтигэр үлэлиир уһуйааччылар, учууталлар, сүбэһиттэр айымньылаах үлэлэрэ, профессиональнай таһымнара сайдарыгар, бу идэлэр сыанабыллара үрдүүрүгэр туһулаан бигэргэппитэ.

Саха Республикатыгар үүммүт сыл Үлэ сылынан биллэрилиннэ. Ил Дархан А.С. Николаев үлэҕэ-хамнаска сыһыаны бөҕөргөтүү, үлэ сыанабылын үрдэтии тоҕоостооҕун бигэргэттэ. 

Уус Алдан улууһугар аҕа баһылык А.В. Федотов инфраструктура сайдыытын сылынан биллэрдэ. Тупсаҕай тутуулары, сиэдэрэй көстүүлэри элбэтиигэ сүрүн үлэ сыла буоларын мэктиэлээтэ.