Үҥкүү абылаҥар уйдарбыта 40 сылыгар
Бу дьыл муус устар 5 күнүгэр Баатаҕай нэһилиэгэр "Үҥкүү абылаҥар уйдаран" айар биэчэрин Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын эбии үөрэхтээһинин педагога Мария Афанасьевна Горохова тэрийэн ыытта. Мария Афанасьевна бу эйгэҕэ үлэлээбитэ 40 сылыгар уонна үбүлүөйдээх 60 сааһыгар аналлоаах тэрээһин үгүс дьону түмтэ, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр киллэрдэ.