Партизан Заболоцкай аатынан совхоз төрүттэммитэ 50 сылыгар ыһыах ыһылынна

 

  Бу дьыл бэс ыйын 14 күнүгэр Лөгөй сирин Кэптэнитигэр Партизан Заболоцкай совхоз тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах тэрилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бастакы артыаллартан, табаарыстыбалартан, колхозтартан саҕалаан совхоз курдук бөдөҥ тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар баар кэмнэригэр биһиги оройуоммутугар биир бөдөҥ хаһаайыстыбанан Партизан Заболоцкай совхоз буолбута. Оччолорго совхоз алта отделениелааҕа: Хомустаах, Даалы, Баатаҕай, Уһун Күөл, Тулуна уонна Кэптэни. 

Подробнее...

Н.Н. Тарскай 100 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕа ыһылынна!

Биир дойдулаахпыт, биллиилээх государственнай уонна общественнай деятель, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһыны төрүттээбит, тэрийбит Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар саамал кымыс утахтаах, күөх сайыны көрсө үбүлүөйдээх  ыһыах төрөөбүт нэһиилэгэр - Уус-Алдан улууһун Баатаҕайыгар бэс ыйын 8 күнүгэр буолан ааста. Николай Тарскай төрөөбүт-үөскээбит, үөрэммит Чараҥайын алааһыттан саҕалаан, Баатаҕай оскуолатын тиэргэнигэр памятник-бюст, Н.Тарскай олоҕун, үлэтин кэпсиир быыстапка, киэҥ түһүлгэҕэ ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта, музейга экскурсия, кинигэ сүрэхтэниитэ, илии-атах оонньуулара, норуот тапталлаах ырыаһыттарын, үҥкүү ансаамбылларын кэнсиэрэ, оһуохай  болҕомто киинигэр турдулар, ыһыах дьонун сүргэтин көтөхтүлэр. Истиҥ эҕэрдэлэр этилиннилэр, Николай Николаевич Тарскайы үйэтитэр дьаһаллар өрө тутулуннулар.

Подробнее...

Саха сиригэр Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтибит!

   

   Ыам ыйын 18 күнүгэр нэһилиэкпитигэр Саха сиригэр Пионерия тэриллибитэ 100 сылын үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтибит! Бу бэлиэ күн оҕо сааһы оҕуурдаан туппут, улуу сирдьит Ленин кэскилин толорбут, аалай кыһыл хаалтыстаах пионердар мустан оччотооҕу кэмнэрин, быраабылаларын, бэлиэлэрин ахтан-санаан аастылар. 

Подробнее...

Өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 79 сыла

   

   Ыам ыйын 9 күнэ биһиги дойдубут хас биирдии олохтооҕор дириҥ өйдөбүллээх. Бу күн биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрииһиттэр, тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар сүгүрүйэбит. Кинилэр Ийэ дойдубутун эрдээхтик көмүскээбиттэрэ, Кыайыы өрөгөйүн бүтүн аан дойдуга аҕалбыттара.Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар тыынын билбэтэх ыал суох. Саха сирин олохтоохторо, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, Кыайыы туһугар күүрээннээх үлэҕэ туруммуттара. Тыыл чулуу улэһиттэрэ уоттаах сэрии кыттыылаахтарын кытары Өрөгөйдөөх Кыайыыны чугаһатыыга сүдү кылааттара үйэҕэ умнуллубат-умуллубат. Кинилэр Эйэни, Көҥүлү  турууласпыттара  биһиэхэ  күүстээх санаа, күргүөмнээх үлэ, сомоҕолоһуу холобурунан буолар. Бүтүн аан дойду историятын хаамыытын уларыппыт, киһи аймах дьылҕатыгар бүтүннүү дьайбыт Улуу Кыайыы суолтата намтаабат, дьон өйүгэр-санаатыгар ытык өйдөбүл буолан ыччаттан ыччакка бэриллэн иһэр.

Подробнее...