Улуу Кыайыы 80 сыллаах бырааһынньыга
Ыам ыйын 9 күнүгэр нэһилиэкпитигэр Кыайыы күнүн үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтибит. Хаһааҥҥытааҕар да бүгүҥҥү күҥҥэ сайыҥҥылыы чаҕылхай күннээх, ыраас халлааннаах күн турда. Дьон-сэргэ, оҕо-уруу тоҕуоруһа мустан, өрө көтөҕүллэн Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Кыайыыны уһансыбыт буойуттарбытыгар махтанан, сүгүрүйэн Кыайыы парада буолла.