Таҥха – Күрүө Дьөһөгөй Айыы сэттэ ини-биилэриттэн биирдэстэрэ. Таҥха ааспыты аттаран, былыргыны ырытан, билиҥҥи олоҕу кытта тэҥнии тутан, кэнэҕэски кэлэр кэмнэри кэскиллээн көрөр улаҕалаах өйдөөх таҥара диэн саха билиҥҥи чинчийээччилэрэ быһаараллар.
Таҥха кэмэ тохсунньу 7 күнүттэн –19 күнүгэр диэри. Ороһуоспа күн уот оттооччу сүллүүкүттэр тахсаллар. Оттон 9-11 чыыһылаларга кэргэттэрэ, оҕолоро-уруулара, кырдьаҕас өттүлэрэ, кыамматтара тахсаллар диэн баар. Кинилэр ойбонунан тахсаллара дуу, биитэр күөл мууһун хайа анньан дуу, биитэр курдат тахсаллара дуу – биллибэт. Ким да сүллүүкүттэр күөлтэн тахсан эрэллэрин көрбөтөх. Аны бу кыылларыҥ көтөх муҥунан харчылаах буолаллар, сорохторо куулунан сүгэ сылдьаллар диэн норуот номоҕо кэпсиир.
Сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр дьон урут маннык сэрэбиэйдэнэллэрэ:
Подробнее...
Үүммүт саҥа сылга улууспут киинигэр - Бороҕоҥҥо биир дойдулаахпыт, СССР физическэй култуураҕа туйгуна, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһыны төрүттээбит, талааннаах салайааччы, тэрийээччи Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар тохсунньу 5-6 күннэригэр- улахан дьоҥҥо, 11-12 күннэригэр - оҕолорго республикатааҕы тустуу күрэхтэрэ тэриллэн ыытылыннылар.
2024 сыл - Николай Тарскай үбүлүөйдээх сыла. Бу бэлиэ сылга маҥнайгы республикатааҕы тустуу күрэҕэр Баатаҕай нэһилиэгин библиотеката, орто оскуола музейа, улуустааҕы кииннэммит библиотека уонна улуус историятын музейа кыттыһан туруорбут быыстапкалара дьон биһирэбилин ылла. Быыстапка Николай Тарскай олоҕун, үлэтин сырдатар сыаллаах турда. Маны таһынан, кини аатын сүгэр Баатаҕай орто оскуолатын музейыттан сэдэх экспонаттара: бэйэтин илиитинэн суруллубут биографията, үлэтигэр туттубут папката, тус докумуоннара кэрэхсэбили ыллылар. Улуус историятын музейа Тарскай үбүлүөйдээх сылларыгар ыытыллыбыт тустуу күрэҕин кубоктарын, вымпелларын, улуус киин библиотеката - Тарскайга аналлаах кинигэлэри, ахтыылары, хаһыат ыстатыйаларын, спорт кинигэлэрин туруордулар. Сиһилии хаартыскаларга хатаммыт түгэннэртэн билсиҥ.
Подробнее...
Ахсынньы 14 күнүгэр библиотека иһинэн үлэлиир "Эйгэ" түмсүү кыргыттара, саамай күүтүүлээх, аптаах-алыптаах Саҥа дьылы көрсө елка оонньуурдарын уруһуйдаан бириэмэлэрин атаардылар. Сэбиэскэй кэминээҕи саҥа дьыллааҕы открыткаларынан чочуллубут, быһыллыбыт бэлэм елка оонньуурдарын библиотекарь Августина Петровна булан, түмсүү кыргыттара ирэ-хоро кэпсэтэн бэрт кылгас да бириэмэҕэ уруһуйдаан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Подробнее...
Ахсынны 9 күнэ - Россияҕа Геройдар күннэрэ. Советскай Союз геройдарыгар, РФ геройдарыгар, Сибэтиэй Георгий уонна Слава орден кавалердарыгар махтаныы, сүгүрүйүү, кинилэр ааттарын үйэтитии күнэ буолар.
Бу бэлиэ күн чэрчитинэн, орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччилэригэр "Тоҕус Геройдаах Уус Алдан" библиотечнай уруок ыытылынна. Уруокка улууспут киэн туттар Геройдарын туһунан кинигэлэри, хаһыат ыстатыйаларын билиһиннэрдибит, ону таһынан дойдуга бэриниилээх буолууга боппуруостарга хоруйдаатылар. Билиҥҥи кэмҥэ буола турар анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт, хорсун быһыыны оҥорбут Байаҕантай нэһилиэгин ыччата Алексей Неустроев туһунан "Герой уол Алеша, хорсун танк Алеша" иһитиннэриини оҥордубут. Үөрэнээччилэр ылбыт билиилэрин хаҥатан уроук түмүгэр кылгас ыйытыктарга эппиэттээтилэр, Геройдар тустарынан сүрүн бэлиэтээһиннэри тэтэрээттэригэр суруннулар.
Подробнее...